Василий Яковлев
Кэпсээн
Дмитрий Иванович атын нэһилиэккэ хайыһар күрэхтэһиитигэр бара сылдьан биир куоска оҕотун илдьэ кэлбитэ. Тоҕо аҕалбытын бэйэтэ да билбэт. Хоммут ыала, саҥатык холбоспут дьон, кыра киһилэммиттэрэ.
Сыбаайбаларыгар дьон бэлэхтээбит куоскалаахтара соторутааҕыта төрөөн кэбиспит. Обургу буолууларыгар оҕолорун ыалларга тарҕаталаабыттар, бу биир оҕо ханна да баппакка хаалбыт. «Мэник-тэник кыра кыайар оҕоҕутун муокастыы сылдьыаҕа, суох гынан кэбиһиҥ», — диэн сүбэлиир эбиттэр. Дьиэлээх киһи ыксаан, өлөрөн кэбиһиэҕин илиитэ барбат эбит. Ол кэмҥэ түбэһэ Дмитрий Иванович кэлэр.