Афанасий Гермогенов
Бэрт ыраас сайыҥҥы күн саха балаҕанын ампаарын куулатыгар ынах ыыр талах олоппоско аҕыс уончалаах эмээхсин хатыҥ удьурҕайа хамсаҕа табахтаан унаарыта олорор. Мыччыстыбыт сүүһүн хара былаатынан саба бааммыт. Аттынааҕы таас хайа уон алта утуу-субуу сирэйдэриттэн биирдэстэрэ сыралҕан куйааһынан эмээхсин иэдэстэрин сырайар. Олохтоох кырдьаҕастар ытыктааннар, бу хайаны «Оҕонньор хайатынан» ааттыыллар. Ол да оруннаах.