Биһиги сайылыкпыт бөһүөлэк хоту баһыгар Ымыйахтаах эбэ үрдүк сыырын аннынааҕы бүччүм тоҕойго түһүлгэлэнэн олорор.
Сайылыктан убайым ааҕы кытта оскуолаҕа үөрэнээри барсан иһэбин. Эбэ илин баһыгар ыраах-ыраах тиит мастары үрдүнэн күн тэмтэйэ ойбут. Ып-ыраас халлаан. Тулам сып-сырдык, саһарымтыйбыт мутукчалаах тыа иһэ сырдаан хаалбыт. Күн биһигини арыаллаан, оскуолалаһан иһэр.